Атырдьах ыйын 4 күнүгэр, “Ситим” медиа-бөлөх дьиэтигэр “Кэрэтиэн саха таҥаһа” хаартыска күрэҕин үөрүүлээх түмүгэ – бириистэри туттарыы, эҕэрдэ тэрээһинэ буолла.

Күрэх тэрийээччилэрэ кыайбыт, кыттыбыт дьоҥҥо сүрүн, сэмсэ, эбии бириистэри туттартаатылар. Сорох дьон кыайан кэлбэккэ, аймахтарын, билэр дьоннорун ыыттылар. Куонкурус кыайыылаахтарын норуот куоластаан талла.

Супербириис Тордуяновтар дьиэ кэргэттэригэр тиксэн Уус Алданнаата. 

supa yak

Иккис миэстэҕэ тахсыбыт Айталина Михайловна Захарова сахатын таҥаһын кэтэн кэллэ.  Кини “Даймондс тур” хампаанньаттан 5000 тыһыынчалаах туоһу сурук тутан сүргэтэ көтөҕүллэн туран:  “Быйыл саха таҥаһын үйэтитэр, Аан дойдуга таһаарар 16620 киһи кыттыылаах Гиннесс рекордугар кыттан устуоруйаҕа киирдим уонна бу күрэххэ эмиэ үөрүүнэн кытынным. Сүрдээх үчүгэй куонкурус тэрилиннэ”, - диэн кэпсээтэ

zakharova yak

Бочуоттаах үһүс миэстэҕэ тиксибит – 5 саастаах кырачаан Ньургун Марков “Маленький Чысхаан” диэн аатынан кыттан дьон биһирэбилин, тапталын ылыан ылла. Марковтар дьиэ кэргэн элбэх оҕолоох улахан ыаллар, Мэҥэ Хаҥалас Майа нэһилиэгиттэн төрүттээхтэр.  Оҕолорун кыра эрдэхтэриттэн үгэспитин, төрүт култуурабытын таптыырга угуйаллара хайҕаллаах. Кырачаан кыттааччы – “Все 32” диэн стоматологияттан 5000 суумалаах туоһу сурук уонна спонсор киниэхэ анаан бэлэмнээбит бэлэҕин тутта.

chishan yak

Онтон 40 сылы быһа медиссиинэ эйгэтигэр үлэлээбит, Өймөкөөнтөн төрүттээх Юлия Егоровна Иванова “күрэххэ ис сүрэхпиттэн үөрэн, өйөөн туран кытынным” диэн санаатын үллэһиннэ, “Хобби лэнд” тэрилтэттэн туоһу сурук сүүйдэ. “Оҕолорбун, дьоммун саха таҥаһын кэтэллэригэр ыҥырабын. Иллэҥ кэммэр хос сиэммэр сахалыы таҥас тигэбин” диэтэ.

IMG 7332

 

semenova yak

lenya yak

 

Хобби Лэнд бирииһин ыллылар:

IMG 7283

IMG 7287

IMG 7293

IMG 7298 yak

IMG 7300 yak

IMG 7303

IMG 7306

IMG 7309

IMG 7314

WhatsApp Image 2017 08 04 at 15.29.37


Онон, кыттааччылар санаа атастаһыытыгар күрэх төрүт култуурабытын, саха таҥаһын пропагандалааһыҥҥа, харыстанарыгар уона мэлдьи инники күөҥҥэ сылдьарыгар улахан суолталаах хамсааһыны таһаарда диэн бэлиэтээтилэр. Тэрийээччилэр аны ИККИС “Дойдум бэлэҕэ” (“Дары природы”) диэн КҮРЭХ саҕаланаары турарын туһунан иһитиннэрдилэр. Дьэ, бу сырыыга кыттааччылары Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтиттэн сыаналаах бириистэр күүтэллэр... Түгэни мүччү тутумаҥ, naslegi.ru сайтка киирэн, биллэриилэри кэтии-көрө сылдьыҥ. Саҥа фото куонкурус атырдьах ыйын 7 күнүттэн саҕаланар.