“Кыым” хаһыат ааспыт сыллааҕы 48-с №-гэр Бурятиянан, Казахстанынан, Киргизиянан, Узбекистанынан, Каракалпакиянан айанныы сылдьар Байдам Филиппов, Христина Евстафьева уонна Сардаҥа Борисова диэн үс саха ыччатын туһунан ахтан аһарбыппыт. “Саха хоһуун оҕолоро бу айаннарыттан төнүннэхтэринэ, “сырыыларын “Кыым” хаһыакка сиһилии суруйаллар ини” диэн эрэлбитин биллэрбиппит.
Ол эрэлбитин толорон, бу хас да ыйдаах, 100 күннээх уһун-унньуктаах сырыыларыттан кэккэ түгэннэри айанньыттар бэйэлэрэ суруйаллар.
2016 с. алтынньы 28 күнүттэн сэтинньи 16 күннэригэр диэри Бурятия саамай арҕааҥҥы муннугар сытар, саамай чиэски Ока оройуонугар сылдьан кэллибит.
Бастаан Улаан-Удэ куоракка тиийэн баран, бүрээт дьонуттан “өрөспүүбүлүкэ ханнык оройуонугар, нэһилиэгэр тиийэн саамай ыраас, дьиҥнээх бүрээттии саҥаны, олоҕу-дьаһаҕы билсиэхпитин сөбүй?” диэн анаан сурастыбыт. Онно дьон үксэ “билигин бары нууччатыйбыт дьоммут, оннук сири буларгыт ыарахан” дииллэрэ. Хас да киһи Бурятияҕа бэйэтигэр “миниатюрный Тибет” диэн ааттанар Ока оройуонун ахтан аһардылар эрээри, “Ока оройуона ыраах уонна киһи тиийэрэ да уустук, суола-ииһэ дьаабы, ол диэки сылдьыбыт да киһи аҕыйах” диэн тута барар санаабытын хаҕыннаран кэбистилэр. Кырдьык, киһи мээнэ тиийбэт, куһаҕан суоллаах-иистээх түҥкэтэх дойдуга тиийэн ханна хонон-өрөөн, аһаан-сиэн сылдьыахпытый?
Ол эрээри, Ока оройуонугар тиийэр дьылҕалаах дьон эбиппит. “Киһи кэпсэтэн билсэр” диэбиккэ дылы, биир күн Ил Түмэн дьокутаата Уйбаан Самаайапка эрийбиппэр “Бурятияҕа Тэнзин Арга Гаврил диэн буддист саха киһитэ баар, кинилиин билсиҥ, баҕар, тугу эмэ ыйыа-кэрдиэ, дьону булан биэриэ” диэн сүбэлээтэ, төлөпүөнүн ыытта. Түбэлтэтигэр, ол Тэнзиммит Ока оройуонугар олорор, үлэлиир буолан биэрдэ. Тута эрийдим. Киһибит Улаан-Удэ куоракка айаннаан кэлэн иһэр эбит. Көрсүөх буолан болдьостубут...
Биһиги, Бурятияҕа кэлбиппит син балайда буолбут дьон, саха киһитин көрсөн үөрдүбүт. Син өр олорон кэпсэттибит. Кини кэпсээбитинэн, Окаҕа дьиҥнээх бүрээт олоҕун кытта билсиэххэ сөп, ону таһынан, түүр төрүттээх тофа, сойуот курдук аҕыйах ахсааннаах табаһыт омуктары көрсүөххэ сөп, Ока оройуона олоҥхоҕо ойуулунар кэрэ айылҕалаах, хайа быыһыгар турар түөлбэ, оннооҕу бүрээттэр 99 % төрөөбүт тылларынан кэпсэтэллэр уо.д.а. эбит. Саамай сүрүнэ: “Автовокзалтан оптуобуска олорон, 12 чаас кэриҥэ айаннаан тиийэҕит, суола үчүгэй, онно тиийэн дацаҥҥа (буддистар итэҕэллэрин дьиэтэ) олоруоххутун сөп”, – диэн санаабытын көтөхтө.
Онон, Ока оройуонугар айанныыр буоллубут. Ока оройуона Бурятия саамай арҕааҥҥы уһугар, Саян хайаларын тэллэҕэр саһан турар, Туваны, Иркутскай уобалаһын, Монголияны кытта кыраныыссалаһар. Нэһилиэнньэтэ 5 тыһ. да тиийбэт. Хужир, Орлик, Сорок, Саян диэн 4 бөһүөлэктээх.
Инньэ гынан, Бурятия өрөспүүбүлүкэтин тилэри кэриэтэ айаннаан, улуу Байҕал эбэни, нэлэмэн истиэптэри, хайалары көрөр чиэскэ тигистибит. Оптуобус иһэ толору дьон, бары бүрээттии кэпсэтэллэр, оптуобуска бүрээт ырыата тыаһыыр. Онон, бэрт сэргэхтик, үчүгэйдик айаннаан истибит. Иркутскай сиригэр оптуобуспутугар Тэнзин төлөпүөнүнэн сэрэппит, биһигини көрсүөх буолбут лаамата (бүрээттэр “ламаа” диэн кэннин уһатан этэллэр) олоруста. Оптуобус иһигэр баар дьон бука бары лааманы эҕэрдэлээтилэр, олус ытыктыыллара тута биллэр.
Эбэн эттэххэ, суоллара аһара үчүгэй. Ама биһиги сылдьар Тааттабыт Дэбдиргэтин “дьиҥнээх дэбдиргэлээх” суолун курдук буолуо баара дуо! Киэһэ хараҥарыыта Ока оройуонун киинигэр Орликка тиийэн кэллибит.
Ока оройуона
Орликтан 3 км тэйиччи сиргэ, биһиги түһэн сытыахтаах дацаммыт баар. Урут лаамалары кытта алтыспатах дьон долгуйабыт, “хайдах алтыһан сылдьыах бэйэбит буолла?” дии саныыбыт. Киэҥ тусаһалаах сиргэ икки дацан, икки дьиэ сыстыһа тураллар. Өрөмүөн бөҕөтө буола турар. Нууччалыы дьүһүннээх дьон бааллар. Кэлин билбиппит “семейскэйдэр” эбит. Ол аата, 1735-1795 сс. Белоруссияттан Бурятияҕа көскө ыытыллыбыт “старообрядецтар”. Бу дьон атын омугу кытта ыал буолбат, малларын-салларын кимиэхэ да тыыттарбат (атын киһи таарыйда да, ол “быртаҕырбыт” малларын быраҕан кэбиһэллэр үһү), саҥата-иҥэтэ суох үгэстээхтэр эбит.
Биһиэхэ анаан туспа кыра хос биэрдилэр, малбытын онно уурдубут, сааһыланныбыт. Дацан “Пунцокнамдоллинг” диэн ааттаах, тенгри-будда итэҕэлин тутуһар. Норбу лаама иннинэ дацаны Данзан-Хайбзун Самаев-Федор Самаев диэн киһи салайбыт. Билигин кини суох, өлбүт.
Дацан үлэһиттэрин сулууспатыгар сырыттыбыт. Сарсыарда 5-тэн хуварак – лаама үөрэнээччитэ – оһох оттор (кылгас кэмҥэ, көмөлөһө таарыйа, биһиги Байдам Филипповпыт хуварактаабыта), онтон 6:30 мантра ааҕаллар, үҥэллэр. Дьиктитэ диэн, оһохторун аһаталлар. Дацан дьиэтигэр биһигиттэн ураты, Москубаттан төрүттээх Наталья Пархоменко диэн 80-чалаах кырдьаҕас худуоһунньук иитиллэн кэриэтэ олорор эбит. Лаамалар сулууспаттан бүтэллэригэр ас астаан аһатар, чэй өрөр, тэлгэһэҕэ баар ыттары көрөр-харайар. Дацан урукку салайааччыта Федор Самаев бу худуоһунньук Наталья бүрээт номоҕор олоҕуран иччилэри-айыылары уруһуйдуурун сөҕөн-махтайан дацаҥҥа чугаһаппыт. Өлөрүн чугаһыгар үөрэнээччилэригэр “Наталья Алексеевнаны көрө сылдьаарыҥ” диэн кэриэс тылын эппит. Биһиги лоп курдук Наталья Алексеевна төрөөбүт күнүгэр айаннаан тиийбиппит. Норбу лаама онно анаан торт, халбаһы ылбыт этэ. Онон бэрт эйэлээхтик олорон, айаммытын кэпсэтэ-кэпсэтэ, Шамбала туһунан истэ-истэ, чэйдээн баран утуйдубут.
Манан устан ааһар Ока өрүһү бүрээттэр “Аха” – “аҕа”, оттон сойуоттар “Ок хем” (ох өрүс) дииллэр. Биһиги ордук сойуоттары, тофалары сэҥээрэбит, аймаҕыргыыбыт. Орлик бөһүөлэгин кэрийэ сылдьан, кыраайы үөрэтэр түмэли көрдөөтүбүт да... Ол түмэллэрэ үлэлээбэтэҕэ ырааппыт. Инньэ гынан, түмэл күлүүһүн көрдөөн дьаһалтанан, култуура дьиэтинэн, бибилэтиэкэнэн “футболлана” сырыттыбыт. Дьон “ол тоҕо түмэлгэ наадыйдыгыт?” диэн аһара сөҕөллөр, дьиктиргииллэр.
Сарсыарда аайы дацаммытыттан 3 км сатыы хааман, үлэлээх дьон курдук, Орликка тиийэбит...
Бибилэтиэкэ биир муннугар “төрүттэрбит сойуот-урааҥхайдарга” диэн суруктаах. Сойуот букубаара, кыра буклеттар, сойуот-урааҥхайдар туһунан кинигэлэр бааллар. Бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ “информация, матырыйаал аҕыйах. Арай Орликтан 4 көстөөх Сорок диэн дэриэбинэ баар. Онно оскуолаҕа сойуот тылын үөрэтэллэр. Онно сойуоттар да бааллара буолуо” диэн сүбэлээтилэр. Инньэ гынан, сойуоттары сонордоһон, салгыы 40 км ыраах Сорок (бүрээттии Сорог) бөһүөлэгэр барар буоллубут. Барыахпыт иннигэр Сорок оскуолатыгар “сахаларбыт, киэһэ тиийиэхпит” диэн сэрэттибит.
Сарсыарда хомунан, ыһык-өйүө ылан, Сороктуур суолунан сатыы түһэ турдубут. Аара массыына бөҕө ааһар. Олус улахан туристыы үрүсээктээх сатыы дьону – биһигини – эргиллэ-эргиллэ көрөллөр. Ким да тохтообот, бэйэбит да тохтоппоппут. Ыксаабакка, тулалыыр кэрэ айылҕаны сэргии-кэрэхсии хааман иһэбит. Норбу лаама кэпсээбитинэн, Орлигы 1000-1400 м үрдүктээх хайалар тулалыыллар. Саамай үрдүк чыпчаал – 3491 м үрдүктээх Мунку Сардык (сахалыыта, Мэҥэ Сарадах). Тула – киһи тылынан кыайан хоһуйбат кэрэтэ! Аргыый аҕай хаар тэлимнээн түһэр, сылаас тыаллаах, тула яктар, сылгылар, хойдор, ынахтар мэччийэллэр. Чахчы да, олоҥхо дойдута.
Ити курдук уоскулаҥҥа манньыйа хааман, киэһэ түөртүүргэ диэри 30 км эрэ бардыбыт. Хараҥаран барда. 10 км хаалбытын кэннэ, биир массыына иннибитин күөйэ тохтоото. Эдэр суоппар уол: “Олоруҥ, маннык табыллыбат, хайдах ким да тохтообокко ааһарый, сүрэ да бэрт!” – диир. Бэйэбитинээҕэр ордук долгуйбут, кыһаллыбыт. Иһирдьэ өссө биир эмээхсин баар. Иккиэн олус эйэҕэс-сайаҕас дьон эбит. “Биһиги – айанньыттарбыт, бэйэбит соруйан сатыы хаамабыт, айылҕаны көрөбүт-истэбит”, – диибит. Саха сирин истэллэр, Арга Тензини билэллэр, ытыктыыллар эбит. Ол курдук айаннаан, оскуолаҕа илдьэн биэрдилэр. Сорок бөһүөлэк оскуолатыгар. Кэтэһэн аҕай олорор эбиттэр, үөрдүлэр, сатыы кэлбиппитин сөхтүлэр-махтайдылар. Тута хос, орон бэлэмнээтилэр, аһаттылар уонна “утуйуҥ-сынньаныҥ, сарсыардаттан үлэлиэхпит” диэн буолла.
Сарсыарда оскуола остолобуойугар аһатан баран, сойуот тылын үөрэтэр кылааска илдьэн биэрдилэр. “Наши предки – сойоты-урянхайцы” диэн ааттаах муннуктаахтар. Онно сойуот номоҕо-үһүйээнэ, дьоҕус устуоруйата баар. Ыскаапка сойуот-нуучча тылдьыта, букубаар, тэтэрээттэр кэчигирэспиттэр.
Бачча кэлбиччэ, Сорок оскуолатын оҕолорун кытта көрүстүбүт, төрөөбүт тыл кыһалҕаларын туһунан кэпсэттибит. Бары бүрээттии-нууччалыы үчүгэйдик саҥараллар. Сойуот тылын кып-кыратык билэллэр. Биһиэхэ анаан үс оҕо дуоскаҕа тахсан сойуот номоҕун ааҕан биэрдилэр. Бүтэһигэр, бары туран ёхор үҥкүлээтибит.
Сойуот-урааҥхайдар
Тиийбит күммүтүгэр, Ока оройуонун иһинэн волейболга күрэх буола турар этэ. Ол иһин кэлии-барыы, түбүк бөҕөтө. Ол быыһыгар биһиги сыа быыһыгар былчархай буолан кыбыллан сылдьабыт.
Анаан ааттарын ааттаан кэлбит дьон быһыытынан, сойуоттары булан кэпсэтэн бардыбыт.
Доржо Наханцаков, Норуот хураалын дьокутаата:
– Омугум, төрдүм сойуот. Хомойуох иһин, ийэ тылбын билбэппин. 1953 с. төрөөбүтүм. Ол саҕана сойуот тылын үөрэппэттэрэ эрээри, сойуот буоларбын кыра оҕо эрдэхпиттэн бэркэ билэрим. Бөһүөлэк сэбиэтэ да “Сойотский” диэн ааттааҕа. Аҕабынан төрүттэрим бары сойуоттар. Т/х-тын университетын бүтэрэн баран, дойдубар үлэлии кэлбитим. Т/х-тын управлениетын салайааччыта, Айылҕа харыстыбалын министиэристибэтин үлэһитэ буолуталаабытым.
Ока оройонун бастакы баһылыга Валерий Монголов – сойуот тылын сөргүтээччилэртэн биирдэстэрэ. Баһылыктыы сылдьан “төрөөбүт сойуоттуу тылбытын тилиннэриэх” диэн идиэйэни көтөхпүтэ. Онно сэбиэт бэрэссэдээтэлэ Наталья Самаева кыттыспыта. Сыыйа хамсааһыммыт кэҥээн, улаатан, Бурятия билимин акадьыамыйата, Москуба, Санкт-Петербург учуонайдара кыттан барбыттара. Ол курдук, күүстээх үлэ баран, сойуот омуга статустана түспүтэ, тылбытын үөрэтэн барбыппыт. Тыл билимин дуоктара, улуу учуонай Валентин Рассадиҥҥа махталбыт муҥура суох. Хаарыан киһини төлө тутаммыт, кини билигин ыраах Калмыкияҕа баран олорор. Кырдьыгынан эттэххэ, сойуот тылын үөрэтиибит соччо өнүйбэтэ. Саҥарар киһибит суох.
Мин Монголияҕа Хубсугул күөл кытыытыгар олорор цаатаннарга тахса сылдьыбыттаахпын. Онно биһигини кытта атылыы кэриэтэ, былыр биһигиттэн ойдубут буолуон сөп “цаатан” диэн омук баар. Ахсааннара, баара-суоҕа, 263 эрэ. Монголия билиҥҥи салалтата кинилэргэ күүскэ көмөлөһөр. Ол курдук, хас биирдии цаатаҥҥа Монголия тиийинэн олоруу алын кээмэйин тута харчынан төлүүр, цаатан устудьуоннар ол харчы аҥаара кээмэйдээх истипиэндьийэ ылаллар. Ити – улахан көмө.
Цаатаннартан атын, биһигини кытта ыкса уруулуу тоджа-тува, тофа (тофалар) омуктар бааллар. Эмиэ таба иитиитинэн дьарыктаналлар. Тоджа-тувалар цаатаннары кытта ыкса сибээһи тутуһар эбит буоллахтарына, биһиги сибээспит суоҕун тэҥэ. Монголия цаатан омугу өйөөн, кинилэр 1-2 сыл устата Тоджа-Туваҕа баран туох да докумуона-таймата суох сылдьалларын, тыл-култуура ситимин олохтуулларын көҥүллүүр эбит. Онон, хардарыта сылдьыһаллар.
Сойуоттар уопсай ахсааммыт 3 тыһ. эрэ кэриҥэ. Ол эрээри, төрөөбүт ийэ тылын-култууратын үөрэтэргэ талаһыы мөлтөх. Путин омугунан сыһыаҥҥа, кыра омуктары өйөбүлгэ кэлин элбэҕи эрэннэрэр, онон – эрэл баар. Сахалары хайгыыбыт. Кыра омуктар холобур оҥостор, үтүктэр, тэҥнэһэ сатыыр субъектара баалларыттан үөрэбит. Онон, ити өттүгэр, сахаларга махталбыт улахан.
Сойуоттар, цаатаннар, тофалар, тоджа-тувалар уруулуу тыллаахпыт. Былыргыта биир омугу кыраныыссанан быыһаан араартаабыттар. Оттон тувалар тэйиччи соҕустар.
Наталья Самаева, биэнсийэлээх:
– Билигин биэнсийэҕэ олоробун, урут дьаһалтаҕа үлэлээбитим. 10 сылы быһа Сойоттар ассоциацияларын салайбытым. Биллэн турар, онно туох да төлөммөт, уопсастыбаннай үлэ этэ.
1992 с. сэтинньи ыйга 3 холкуос олохтоохторо түмсэммит, Сойуот ассоциациятын төрүттүүргэ быһаарыммыппыт. Төрдүбүтүгэр төннөөрү, тылбытын-култуурабытын үөрэтээри. Бу биһиги сирбит – сойуоттар үйэ тухары олорбут дойдулара. Биир сүбэнэн, хамыыһыйа тэрийбиппит. Бастаан – Сорокка эрэ, онтон оройуоҥҥа диэри улааппыта. Олус үчүгэй хамаанда түмсэн, күүстээх үлэни ыыппыппыт.
Холобур, мин аҕам сойуот этэ. Дьиҥинэн, сойуоттар бүрээттэртэн тас дьүһүммүтүнэн да атын дьон эбиппит ээ, кэлин биллэххэ. Ол иһин урут онно-манна сылдьан дьон мэлдьи “бүрээккэ майгыннаабаккыт, атыҥҥыт” дииллэрин дьиктиргиир этим. Онтон, интэриэһиргээн, былыргы сойуоттар хаартыскаларын хасыһан көрбүтүм, кырдьык, арыый атын эбиппит. Сойуот омук үксэ будьурхай баттахтаах, сүһүөхтээх үрдүк муруннаах, арылхай хара харахтаах, суптугур сирэйдээх буолар курдук. Оттон бүрээттэр сирэйдэрэ – төгүрүк. Онон, түүрдэри уонна монгуоллары итинник араарыахха сөп.
Духуобунай сүбэһиппит, учууталбыт Федор Самаев сойуот туһугар олус элбэҕи үлэлээбитэ. Кини салалтатынан, Иркутскай, Улаан-Удэ архыыптарыгар сылдьан матырыйаал хомуйбуппут. Улуу, туохха да тэҥнэммэт үлэни учуонай Валентин Рассадин оҥорбута. Кини 70-с сылларга Ленинградка үөрэнэ сылдьан, Ока оройуонугар полевой эспэдииссийэҕэ сылдьыбыт. Эбиитин, мин төрөппүттэрим дьиэтигэр олорбут. Аҕам сойуот олоҕун-дьаһаҕын, тылын-өһүн, устуоруйатын билэр этэ. Ол сырыы түмүгэр дуоктар Рассадин сойуот тылын үөрэппит эбит. Билигин аан дойдуга сойуот тылын билэр, ол тылынан саҥарар соҕотох киһи баар – ытык кырдьаҕас, улуу учуонай Валентин Рассадин.
Уопсайынан, ханнык баҕарар омук баар буоларын, сайдарын, эстибэтин туһугар үс суол эрэйиллэр: төрөөбүт тыл, олорор сирэ, уонна омук үгэс буолбут дьарыга. 1960 сылларга диэри биһиэхэ таба баһаам этэ. Мин таайым табаһыт бэрдэ этэ. Онтон барытын суох оҥорбуттара, кыдыйбыттара. Киһи аһыйар. Ассоциацияҕа үлэлиир кэммэр, “Проект Дэвиса” диэн АХШ бырайыагын чэрчитинэн харчы көрүллэн, тофалартан баран 68 табаны атыыласпыппыт. Тофаларияттан эдэр уол кэлэн, биир сыл манна үлэлээбитэ, таба иитэргэ үөрэппитэ. Онтон дойдутугар төннүбүтэ. Ол кэннэ таба иитиитэ өнүйбэккэ турар, табаттан тэйэн хаалбыт эбиппит. Тылы сөргүтүү үлэтигэр эмиэ барыта эриэ-дэхси буолбатах. Утарсар дьон эмиэ бааллара. Ол курдук: “Бүрээт тылын туруга эмиэ ыарахан, симэлийэр кутталлаах олоробут. Онуоха эһиги, бүрээттии тыллаах дьон, былыр үйэҕэ өлөн хаалбыт, ким да билбэт тылын үөрэппитэ, туспа омук буолбута буолаҕыт!” – диэччилэр. Ол да буоллар, “кырдьык мэлдьи кыайар” дииллэр. Туспа устуоруйалаах, тыллаах, култууралаах, сирдээх-уоттаах омук хайдах букатыннаахтык суох буолан хаалыахтааҕый? Холобур, бу олорор сирбит-уоппут аата, топонимикабыт, барыта сойуоттуу.
Валентин Рассадин манна хаста да кэлэ сылдьан сойуот тылыгар-култууратыгар матырыйаал бөҕөтүн хомуйан сытыарарын эппитэ, биһиги үлэлии сатыырбытын көрөн үөрбүтэ. Букубаар, тылдьыт оҥорбута. Биһиги Сэсэгма Раднаева диэн эдэр кыыспытын Рассадиҥҥа сойуот тылын үөрэттэрэ ыыппыппыт. Кыыспыт үөрэнэн кэлэн, оскуолаҕа 4 сыл эрэ үлэлээн баран өлөн хаалаахтаабыта. Ол кэннэ кураанах олоробут.
Бэйэм командировкаҕа элбэхтик сылдьабын. 1993 с. АХШка кэмпириэнсийэҕэ сылдьыбытым. Онно биир индеец киһитин кытта кэпсэппитим. Ол индеец маннык диэн эппитэ өйбүттэн тахсыбат: “Мин эһиэхэ ымсыырабын. Эһиги бэйэҕит төрүттэргит сирин бас билэн, иччилээн, дьиэлээх хаһаайын курдук олороҕут...”
Онон, норуот тыыннаах хаалар үс суолуттан биирэ – саамай сүрүнэ – Сирбит биһиэхэ баар. Онно тирэҕирэн, төрүт дьарыкпытын уонна тылбытын хайаан да тилиннэриэхпит диэн эрэлим улахан.
Сардаҥа Борисова,
Таатта.