Украинаҕа – 30, Саха сиригэр – 670, Магадаан уобалаһыгар – 285, Камчаатка кыраайыгар – 1490, Чукотка автономнай уокуругар  12 772 луораветлан баар.  Уруулуу омуктара – коряктар, керектэр, алютордар, ительменнэр, алеуттар. “Луораветлан” диэн тылы эрдэ истибэтэх дьон, “кимнээҕи-кимнээҕи суруйаргыт буолла?” диэн мунаардаххыт. Луораветланнар (лыгъоравэтльан)  – чукчалар.  Чукча, ол эбэтэр луораветлан – Азия хотугулуу-илиҥҥи аҕыйах ахсааннаах олохтоох омуга. Беринг муоратыттан Индигииргэ, Хотугу Муустаах Байҕалтан Анадырь өрүскэ диэри тарҕанан-таалалаан олороллор.

Кылгас устуоруйа...

Jimmy

 “Чукча” диэн тылы олус элбэхтэ истэбит. Хомойуох иһин, чукчалары көр-күлүү гынан, сайдыыттан, үөрэхтэн-билииттэн ыраах курдук ойуулууллар. Ол эрээри кинилэр устуоруйаҕа буойун майгылаах, хорсун омук быһыытынан кэпсэнэллэр. Чукчалар номохторугар омсолоох дьоруой буолбут, нуучча эписиэрэ, Чукоткатааҕы эспэдииссийэ салайааччыта Д.И. Павлуцкай (Якунин): «Чукчи — народ сильный, рослый, смелый, плечистый, крепкого сложения, рассудительный, справедливый, воинственный, любящий свободу и нетерпящий обмана, мстительный, а во время войны, будучи в опасном положении, себя убивают. Стреляют из луков и бросают камни, но не очень искусно», – диэн турардаах.

А.Ф. Шестаков диэн Саха сиригэр олорбут хаһаак көҕүлээн, Арассыыйа импиэрийэтин Сената маннык диэн дьаһалы ылынар: “Иноземцев и которые народы сысканы и прилегли к Сибирской стороне, а не под чьею властию, тех под российское владение покорять и в ясачный платеж вводить”. Ол кэннэ, 1728 сыллаахха А.Ф. Шестаков салайааччылаах, Д.И. Павлуцкай хапытааннаах, 400 саллааттаах эспэдииссийэ Анадырдааҕы остуруокка тиийэр. А.Ф. Шестаков уонна Д.И. Павлуцкай санаалара хайдыһан, сатаспакка арахсан үлэлииллэр. “Сэриилээн бэриннэримэҥ” диэн бирикээстээхтэрин үрдүнэн олохтоох омуктары кырган киирэн бараллар. Ол курдук сэрии саҕаланар.

Нууччалар мушкеттаах, саабылалаах, оттон чукчалар ох саалаах, батыйалаах киирсэллэр. Ол да буоллар 1730 сыллаахха А.Ф. Шестаков этэрээтин кыайаллар, бэйэтин өлөрөллөр. Онтон Д.И. Павлуцкайы кытта сэриигэ чукчаларга улахан сүтүк тахсар, дьон бөҕөтө өлөр. Ол кэннэ Д.И. Павлуцкай этэрээтин кытта аһаҕастык сэриилэһэллэрин тохтотон, чукчалар бартыһаанныы хамсааһыны тэрийэллэр: нуучча норуотугар бэриммит коряктары, дьүкээгирдэри сэриилээн бараллар. Ити сэриини Импиэрийэ сената истээт, «на оных немирных чюкч военною оружейною рукою наступить, искоренить вовсе», онтон бэриммит дьону араас остуруогунан, сиринэн тарҕатыҥ диэн соруйар.

Павлуцкай үһүс кирбиитин 1744-1747 сс. оҥорор. 1748 сыллаахха чукчалар Павлуцкай этэрээтин кыайаллар, бэйэтин өлөрөн, сэриитин сэбин былдьыыллар. Импиэрийэ Сената сүрдээҕин сөҕөр уонна куттанар. 1763 сыллаахха саҥа кэмэндээн Фридрих Плениснер Чукоткаҕа кэлэ сылдьан Анадырь баартыйатын сабарга, «бесполезна и народу тягостна» диэн этии киллэрэр. Ол кэннэ нууччалар сэриинэн буолбакка, бэрик биэрэн, “эйэлээхтик” алтыһан элбэҕи ситиһэллэр. Екатерина II “Устав об управлении инородцев»” диэн докумуонунан чукчалар 10 сыл дьаһаахтан босхолоноллор, бэйэлэрин истэригэр сууту, дьаһааҕы тус баҕаларынан көрөн биэрэр көҥүл ылаллар. Онон Арассыыйа уонна Сибиир холбоһуутугар бэриммэтэх, тиһэҕэр диэри охсуспут буойун омук – чукчалар.

Чукча диэн туох тылый?

8815 900

XVII үйэтээҕи докумуоннарга “чаучу” диэн тылы “чукча” диэн суруйбуттара хаалан хаалбыт эбит. “Чаучу” – “таба баайдаах” диэн суолталаах. Муора кытылын чукчалара бэйэлэрин “анкаль’ыт”–“муора норуота”, эбэтэр “рам’аглыт”–“кытыл олохтоохторо” дэнэллэр эбит. Онтон чукчалар уопсайынан бэйэлэрин “луораветлан” дэнэллэр, ол аата “дьиҥнээх дьон” диэн тылбаастанар.

Тыллара, итэҕэллэрэ, дьарыктара

Чукоткалыы-камчаткалыы тыл салаатыгар киирэр. Хас да диалектаах:

- илиҥҥи (а.э. уэленныы – литэрэтиирэлии тыл);

- арҕааҥҥы (певектии);

- энмыленныы;

- нунлингранныы;

- хатырдыы.

Итэҕэллэрэ – ойууннааһын, анимизм (иччилэргэ, айыыларга сүгүрүйүү). Онтон XX үйэҕэ үксэ Нуучча таҥаратын дьиэтигэр сүрэхтэммиттэр. Ол эрээри билигин даҕаны түҥ былыргы итэҕэллэрин илдьэ сылдьар дьон бааллар.

Чукчалар сүрүн хаһаайыстыбалара – таба иитиитэ, балыктааһын. Муора кытылыгар олорор чукчалар муора кыылларын бултууллар эбит: кыһын уонна саас – ньиэрпэ, түлүөн, онттон күһүн уонна сайын – муорса уонна киит.

JannaСаха сирин Чукчаларын ассоциациятын бэрэссэдээтэлинэн Галина Кемлиль үлэлээн-хамсаан кэлбитэ. Онтон муус устар 16-17 күннэригэр буолбут Саха сирин чукчаларын сийиэһигэр Ускуустуба оскуолатын муусука учуутала Жанна Дьячкованы саҥа бэрэссэдээтэлинэн талбыттара. Кинини кытта бүгүҥҥү балаһаҕа сэһэргэһэн тыл-өс кыһалҕатын, инники былааннарын туһунан туоһуластым.

– Жанна Андреевна, бастатан туран, бэрэссэдээтэлинэн талбыттарынан эҕэрдэ! Хантан эрэ айаннаан иһэр диэбиттэрэ...

– Махтал! Мин Салехардтан кэлбитим. Онно эмиэ луоравтленнары, ол аата чукчалары кытта көрсүбүтүм. Бииргэ үлэлиир былааммытын ырытыһан, уопут атастаһан, кинигэ бэлэхтэһэн, хата, этэҥҥэ ааста.

– Луораветлан диэн ааттанаргытын эрдэ истибэт этим...

– Дьиҥинэн, “лыгъоравэтльан” (кини саҥарбытын кэннэ сатаан үтүктүбэтэҕим). Биһиги чукча диэн оннугар ити ааппытын сөргүтээри гынабыт.

– Тоҕо?

– Тоҕо диэтэххэ, дьиҥнээх, уопсай ааппыт. Чукча «табаһыт» эрэ диэн суолталаах.

– Ааспыкка чукчалар сийиэстэригэр арассыыйа атын муннуктарыттан чукчалар кэлбиттэрэ дуо?

– Үчүгэйдик ааспыта, сүрүннээн, тылбыт кэскилин туһунан ырыппыппыт. Суох, атын сиртэн кэлбэтэхтэрэ, бэйэбит эрэ. Оруобуна биһиги сийиэспит күнүгэр кинилэр антах эмиэ тэрээһиннээх этилэр. Аны 3 сылынан  Колымскайга сийиэс буолуохтаах, онно кэлиэхтээхтэр.

– Сийиэскэ, сүрүннээн, тыл кыһалҕатын ырыппыккыт. Оҕо саадыттан саҕалаан чукча тылын үөрэтэллэр дуо?

– Оннук. Биһиэхэ прикладной ускуустубабыт киэҥник биллэр, ойуу-дьарҕаа, үҥкүү-битии – барыта этэҥҥэ эрээри, тыла суох ханнык омук баар буолуоҕай? Ол иһин омук быһыытынан тыыннаах хаалар суолбут – тылбыт. Тыл кыһалҕата олус сытыы. Аллараа Халыма Халарча нэһилиэгин Колымскай диэн сэлиэнньэтигэр чукча тылын оҕо саадыгар уонна оскуолаҕа 1-11 кылааска үөрэтэллэр.

– Ол аата нэдиэлэҕэ хас чаас?

– 3 чаастаахпыт. Учууталлар үөрэтэллэригэр олус уустук. Тоҕо диэтэххэ, дьиэлэрин иһигэр оҕолор чукчалыы буолбакка, нууччалыы кэпсэтэллэр.

– Ыччат ийэ тылын төһө билэрий?

– Кырдьыгынан эттэхпинэ, мөлтөх. Арай үгэс буолбут (традиционнай) хаһаайыстыбанан дьарыктанар эрэ ыччат бэйэтин эйгэтигэр сылдьан кэпсэтэр. Онтон киин сиргэ кэллилэр даҕаны умналлар, нууччалыы кэпсэтэллэр. Ол – Саха сирин таһыгар олорор чукчаларга эмиэ баар кыһалҕа.

– Тылгыт хас да диалекка арахсар эбит дии. Атын эрэгийиэн чукчаларын кытта өйдөһөргө уустук дуо?

– Уустуга суох ээ, өйдөһөбүт. Арай олох аҕыйах тылы өйдөһүмүөхпүтүн сөп. Сүрүнүн барытын үчүгэйдик өйдөһөбүт.

– Бэйэҥ чукча тылын үчүгэйдик билэҕин дуо?

– Билэбин. Уопсайынан, биһиги көлүөнэ күннээҕи олохпутугар чукча тылынан кэпсэтэбит. Эрэлбит – ыччаппытыгар. Бу кэтээн көрдөхпүнэ, кэлиҥҥи кэмҥэ “уһуктан” эрэр курдукпут. Кэнчээрибит бэйэтин чукчабын дэнэн, ураты, эриэккэс норуот буоларын өйдөөн эрэр дии саныыбын.

– Туох эмэ чэпчэтии (льгота) көрүллэр дуо? Холобур, устудьуоннарга?

– Урут баар этэ... Билигин оннук льгота суох буолбут быһыылаах. Оннооҕор ХИФУга Хотугу филология хаапыдыратыгар чукча тылын уһуйааччыта ыстаатын сарбыйбыттар этэ. Билигин онно биир чукча тыллаах устудьуон үөрэнэ сылдьар буолуохтаах. Уһуйааччыта суох тугу үөрэтэрэ буолла?..

– Инникитин туох былааннааххытый?

– Былааммыт үгүс. Тылбытын сайыннарыы, туттуллар эйгэтин хаҥатыы. Дьысаакка 1,5-2 саастаах оҕолору кытта үлэ ыытар былааннаахпыт. 2011 сыллаахтан билиҥҥэ диэри чукча тылынан 5 кинигэ бэчээккэ тахсыбыта. Инникитин даҕаны итинник саҥа кинигэ тахса туруоҕа.

Сардаҥа Борисова.