Түүр тыллаах аймахтарбыт дойдуларыгар үөрэнэ сылдьар, онно тэрээһиҥҥэ кыттан кэлбит саха ыччатын кытта кэпсэттим. Күннээҕи түбүктэн аралдьыйан, Казахстан, Татарстан, Хайалаах Алтаай курдук сирдэринэн “айаннаан” кэлиэҕиҥ.
– Ыам ыйын саҥатыгар магистратураҕа үөрэнэр саха салаатын устудьуоннара Казахстан Астана куоратыгар “Современные проблемы тюрско-славянской филологии” диэн Аан дойдутааҕы билим-быраактыка симпозиумугар кыттан кэллибит.
– Ханан айаннаан тиийдигит? Таможняны хайдах аастыгыт?
– Новосибирскай куоратынан эргийбиппит. Онно Казахстан авиа-хампаанньатынан көппүппүт. Тас дойдуга айаннаан эрэрбит тута биллибитэ, дьон дьүһүнүттэн, тылларыттан. Таможняҕа “ханна бардыгыт?”, “туохха кэллигит, сыалгыт-соруккут?” диэн үрүт-үрдүгэр доппуруостаан аҕай биэрбиттэрэ. Ол кэннэ, сахаларбытын билэн баран, дьэ, сымнаабыттара, ситиһиини баҕарбыттара. Чэ, ити күнтэн ыла хаһаахтар ыалдьытымсах майгылара бииртэн биир арыллан испитэ.
– Тута көрүстэхтэрэ дии?
– Суох, ол туһунан санаабатахпыт даҕаны. Интэриниэт баар буоллаҕына киһи муммат, долгуйбат эбит. Киэһэ 8 саҕана олорор сирбитин булаат утуйбуппут. Сарсыныгар балаһыанньаҕа суруйбут сирдэригэр КазЮГУга (судаарыстыбаннай юридическай университет) тиийдибит. Олус улахан дьиэ дьэндэйэн турара. Чопчу ханна барыахтаахпытын өйдөөмүнэ, вахтаттан баран туоһуластыбыт. Вахтер аат эрэ харата кэпсэтэн, каадыр салаатыгар ыытта. Онно эмиэ “кэтэһиҥ, ким да суох” диэн тоҥуйдук хоруйдаабыттара. Ол тухары саха буоларбытын ким да таайбатах эбит, хаһаахтар дии саныы сылдьыбыттар. Онтон: “Саха сириттэн сылдьабыт, ким эрэ көрсүөхтээх этэ”, – диэппитин кытта... Сирэйдиин-харахтыын кытта уларыйдылар. Киһи да күлэр. “һуу-һаа” буолан иннибитигэр-кэннибитигэр түстүлэр ээ, дьэ. Хата, ааранан бэйэбит кыбыһынныбыт. Аны, били, көрсүөхтээх дьахталларыгар төлөпүөнүнэн эрийэн сэмэлииллэр, “хайдах ыраах сиртэн ыалдьыттары ыҥыран баран көрсүбэккин” дииллэр быһыылаах. Дьахтарбыт биһиэхэ эрийэн улахан буруйдаах курдук саҥарар, “тэрээһиҥҥэ сылдьабын, хайдах буолабын, бырастыы гыныҥ” диэхтиир. Биһиги “чэ, улахан буолбатах, барыта үчүгэй, сылдьа үөрүйэхпит” дии сатаатыбыт да, гид анаатылар, университет устун күүлэйдэттилэр, көрдөрдүлэр. Боростуой устудьуон дьон ити курдук “ытыс үрдүгэр” сыһыаҥҥа үөрэммэтэхпит.
Саҥа университет, тутуллубута 10-ча эрэ сыл буолбут. Ректордара эдэр киһи. Сураҕа, бу тэрилтэни Алма Ататтан Астанаҕа көһөрбүттэр, 2 сыл иһигэр бачча улахан дьиэни тута охсубуттар диэҕи киһи көрөн итэҕэйбэт. Эрдэ, бу уол аҕата салайа сылдьыбыт, онтон “тронун” уолугар биэрбит. Кэпсииллэринэн, эдэр киһи салалтаҕа кэлбитин кэннэ тэрилтэ биллэ сайдыбыт. Саныыбын ээ, дьаһалта, салалта үлэтигэр эдэр киһини олордортон куттанымыах баар эбит.
– Өссө киһи сэҥээриэҕэ туох баар эбитий?
– Бибилэтиэкэ. Барыта аһаҕас, уопсайынан, дэлэгэйдэр эбит. Ити уол аҕата өлүөн иннинэ дьиэтээҕи бибилэтиэкэтин университекка анаабыт. Онон, ректор аҕатын бибилэтиэкэтэ, сэдэх кинигэлэр, араас диссертациялар көҥүл тураллар. Ким баҕар ааҕыан, туттуон, туһаныан сөп. Биир дьикти баар – бибилэтиэкэҕэ киирэргэ аан айаҕар суумканы, сүгэһэри ууран киирэҕин. Ол курдук суумка бөҕөтө үрүт-үрдүгэр ыһыллан-тоҕуллан сытар. Ким да тыыппат, уорбат үһү. Аны уулссаҕа бэлэсипиэт бөҕө көрүүтэ-харайыыта суох, күлүүстэммэккэ турар. Ким да тыыппат. Биһигинниин сылдьыспыт Москуба уола сөҕүү-махтайыы бөҕөтө, “па, Арассыыйа эбитэ буоллар, барыта 5 мүнүүтэнэн суох буолбута ырааппыт буолуо этэ” диэн күлэрэ.
– Куорат иһинэн төһө күүлэйдээтигит?
– Улахан аҥаарын дьиэҕэ сылдьыбыппыт. EXPO диэн аан дойдутааҕы быыстапкаҕа бэлэмнэнэ сылдьаллар эбит. Эриэккэс быһыылаах-таһаалаах тутуу бөҕөтө. Кураанах дьиэ бөҕөтө оҥойон турар. Тоҕо тураллара эбитэ буолла? Хас эрэ сылынан дьон Астанаҕа көһүүтэ элбиирэ буолуо. Кырдьыгынан эттэххэ, кылгас да кэмҥэ бэйэбит сылдьыахпытын, күүлэйдиэхпитин баҕарбыппыт да... Хантан? Дьоммут батыһа сылдьаллар, арахпаттар (күлэр), “туох наада, тугу көрөҕүт, баҕараҕыт?” диэн ыйыт да ыйыт. Кинилэр биһигини “муҥутуур ыраахтан, нэһиилэ булан-талан, бэрт эрэйинэн, табанан айаннаан Казахстаны булбуттар” диэх курдук саныыллар. Сорохтор “бу барахсаттар ураһаҕа олороллор, маннык улахан куораты саҥа көрөөхтүүллэр” дии саныыллар быһыылаах. Аны, мэлдьи мичээрдии сылдьар, эйэҕэс дьоҥҥо батынар, “эһигинэ да суох бэйэбит сылдьыахпыт” диир табыгаһа суох...
– Онтон кэмпириэнсийэҕит?
– Устудьуоннар, эдэр учуонайдар кэлиэхтэрэ дии санаабыппыт. Бары билим хандьыдааттара, дуоктардара буолан биэрдилэр. Ол быыһыгар – биһиги. Хата, тыл этэн, симпозиумҥа этэҥҥэ кыттан кэллибит. Биһиэхэ тыл биэрэллэригэр хайаан да “бу биһиги аймахтарбыт, уруулуу омукпут – сахалар” диэн кыбытан ылаллар.
– Ханнык дойдуттан кэлбиттэр этэй?
– Японияттан, Канадаттан кэлбиттэр этэ. Уонна Кытай хаһаахтара бааллара. Хаһаахтар, уопсайынан, латыын алпаабытыгар көһөөрү дискуссия ыыта сылдьаллар. Бэрэсидьиэннэрин ыйааҕынан үөрэх өттүгэр эспэримиэн, реформа бөҕөтө буола турар. Үөрэх кыһаларыгар сорох биридимиэттэри хаһаахтыы эрэ тылынан үөрэтэр буоланнар, ону ылыммаккалар нууччалар эмиэ көһүтэлээн эрэллэр диэни иһиттибит.
– “Эһиги, сахалар, тоҕо латыын алпаабытыгар көспөккүт?” диэн элбэхтик ыйыппыт буолуохтаахтар.
– Оннук. “Суох” диир буоллахпыт. Арба, санаабычча, сирэйдэрин моһуонун, дьүһүнүн дьиктиргээбитим. Холобур, хара бараан дьүһүннээх эрээри сырдык халлаан күөҕэ харахтаах хаһаахтар бааллар. Хайдах эрэ, күөх харахтаах саха сылдьарын курдук. Саҥа көрөр киһиэхэ үөрүйэҕэ суох. Оттон Караганда хаһаахтара нууччаттан туох да атына суох көрүҥнээхтэр. Аны кинилэр бэйэлэрин “саамай дьиҥнээх хаһаахтарбыт, булкааспыт суох” дии-дии күп-күөҕүнэн көрөллөр. Караганда кыыһа (тоҥ нуучча дьүһүннээх) “былыргы түүрдэр биһигиттэн барбыттара, биһиги, хотугу хаһаахтар, былыргы сакалартан төрүттээх түүрдэрбит, сахалар эмиэ мантан барбыккыт” диир. Сахалары сэҥээрэллэр, кый ыраах олорор дьон курдук саныыллар. Олорор усулуобуйабытын, тылбытын туоһулаһа сатыыллар.
– Оччоҕо “аһара ытыс үрдүгэр сылдьан” бэйэҕит күүлэйдээбэтигит, сылдьыбатыгыт дуо?
– Кэммит ыгым буолан, барарбыт саҕана биир күн бэйэбит сылдьыбыппыт, дьоммутугар бэлэх көрдөөбүппүт. Аны ол быыһыгар биир учуонай дьиэтигэр ыҥырбыта. “Бүгүн киэһэ массыынанан ылыахпыт, кэргэним бешбармак, плов буһарбыта, хайаан да күүтэбит” диэн соһуппута. Суруналыыс уол массыынатынан кэлэн ылбыта. Дьиэлэригэр тиийбиппит, ас бөҕөтүн астаабыттар, мааны-далбар бөҕө!
– Астарын астынныҥ дуу?
– Маҥнай тиийээт бешбармак сиэбиппит. Отой сөбүлээбэтэҕим. Эт үрдүгэр эт. Хал буола сыспытым. Онтон дьиэтээҕи бешбармак сыттыын-сымардыын, амтанныын, дьэ, атын. Мип-минньигэс. Ордук сөбүлээбит аһым – лэппиэскэлэрэ.
– Астанаттан ырааппакка дьиэлээтигит?
– Бурабай диэн сиргэ экскурсиялаппыттара. Кэрэ дойду диэтэҕиҥ! Иккис Швейцария диэн ааттыыллар эбит? Нэлэмэн толоону, алаадьы курдук төгүрүк күөлү хайалар эргийэн тураллар. Адьас, хартыына курдук. Дьон күн кыһалҕата суох чэбдик салгыҥҥа аа-дьуо хаамар, балыктыыр...
Айта Федорова:
– Хайалаах Алтаай судаарыстыбаннай университетыгар 2-с кууруска Алтаистика уонна тюркология факультетыгар магистраммын. үөрэҕим хайысхата – Түүр норуоттарын литэрэтиирэтэ, чуолаан алтаай литэрэтиирэтэ.
– Алтаайга олорбутуІ номнуо 2 сыл буолбут. Хайдах эбитий?
– Алтаай сирин-дойдутун сөбүлээтим аҕай! Дьоно-сэргэтэ судургулар, майгылара-сигилилэрэ сахаҕа олус чугастар. Тыллара майгыннаґарын сөҕөбүн. Билэр тылларбын истэн үөрэбин, санаабар, дойдубар сылдьар курдук санаа күлүм гынан ааґар. Холобур, чалбах – тьалбах, иэдьэгэй – эдьэгэй, алгыс – алхыш, туһа – туза, өбүгэ – өбөкө, дьон – тьон, киши – киһи, о.д.а. Ть, дь j буукубанан суруллар. Ааҕыллара сымнаҕас “т” дорҕоон.
Алтаай айылҕата кэрэтин киһи ойуулуу да барбат: тула хайа, чэбдик ыраас салгын, сороҕор истиэп... Хайалаах дойду буолан дьоно даҕаны тэмпэрээмэннээх, итии-буһуу хааннаах. Хас да ууска арахсаллар, ону “сөөк” (сүһүөх) дииллэр: кара майман, тодош, чорос, теленгит, телес, кыпчак, төөлөс, иркит, мундус, чапты, сойоҥ, көбөк, кергил, алмат, байлагас, тьүс уо.д.а. Ол иһин көрсүбүт киһилэрин тута “ханнык сөөккүнүй?” диэн ыйыталлар. Бу уус барыта тус-туһунан майгылаах-сигилилээх. Үксүлэрэ дьиппиэн соҕус майгылаахтар. Холобур, демонстрация эҥин туох да эмоцията, хаһыыта-ыһыыта суох ааґар. Тоҥуй курдук көстөллөр. Ол эрээри, билсэн-билэн, кэпсэтэн бардахха, наґаа эйэҕэстэр, истиҥнэр, ыалдьытымсахтар. Ол иһин даҕаны Алтаайы таптаатаҕым буолуо.
– Туох итэҕэллээх эбиттэрий?
– Айылҕаҕа бэйэбит курдук ис сүрэхтэриттэн сүгүрүйэллэрин, ытыктыылларын бэлиэтии көрөбүн. Ак-тьан, бурханизм, христианство, ойууннааһын итэҕэллэрэ тэнийбиттэр. Бурханизм диэни, арааһа, буддизм биир салаата диэххэ сөп быһыылаах. Биир дацан баарын көрбүтүм. Оттон Ак-тьан диэн биһиги Айыыбыт үөрэҕин курдук.
– Сахалар туґунан туох санаалаахтарый?
– “Аймахтарбыт” дииллэр. Алтаайдар Г.И. Гуркин-Чорос диэн аатырбыт уруґуйдьут, бэлиитик, уопсастыбанньык киһилээхтэр эбит. Нуучча улуу худуоґунньуга И.И. Шишкин үөрэнээччитэ. Кини дьылҕатын туґунан 2010 сыллаахха “Восхождение на Хан Алтай” диэн биґиги Андрей Борисовпыт испэктээк туруорбут эбит. Ону манна элбэхтик ахталлар, истиҥник саныыллар. Дьон көмөтүнэн, Алтаай ытык сирдэринэн адьас босхо кэриэтэ сырыттым. Олохтоох дьоҥҥо махталым муҥура суох. Хайалаах Алтаай соҕуруу өттүгэр Кош Агач диэн оройуон баар. Ааспыкка онно сылдьан Саха сириттэн сылдьарбын билэн баран тута саха биллиилээх тюрколог учуонайын Ю.И. Васильевы-Дьаргыстайы санаабыттара. Кини ол оройуон киинигэр оскуолаҕа үлэлии сылдьыбыт, нуучча тылын үөрэппит. “Үтүө, дириҥ билиилээх киһи этэ” диэн ахталлара.