Бэс ыйын 12-19 күннэригэр Кытай норуодунай өрөспүүбүлүкэтин Хэйлунцзян провинциятын салалтатын ыҥырыытынан (уонна босхо аһатан-хоннорон, төттөрү-таары таһан сылдьыытынан) Харбин уонна Пекин куораттары көрөр чиэскэ тигистим. СӨ Сибээскэ уонна СМИгэ министиэристибэтин дьаһалынан, Сахабыт сирин 6 араас СМИтин бэрэстэбиитэлэ буолан сырыттыбыт. Ол иһигэр, министиэристибэ үлэһитэ, “Саха” НКИХ, ВГТРК, ЯСИА суруналыыстара.
Хэйлунцзян дьаһалтатын ыҥырыытынан Арассыыйаттан уопсайа 40 суруналыыс кэлбит. Ол иһигэр, петербурдар, москубалар, иркутскайдар, татарстаннар, хакасиялар, приморьелар, хабаровскайдар...
Кытай – үбү-харчыны туһата суохха ороскуоттаабат омук. Бука, “бу сырыы түмүгүнэн суруналыыстар Кытай туһунан наһаа үчүгэй, “позитивнай” матырыйааллары оҥорон Арассыыйа үрдүнэн тарҕаттыннар” диэбит буолуохтаахтар. Туох санаалаах-оноолоох маннык бырагырааманы оҥорбуттарын билбэппин эрээри, биһигини Харбин куорат консерваториятыгар, Харбин Улахан тыйаатырыгар, роботы оҥорор хампаанньаҕа, симфония муусукатын кэлэктиибигэр, 1945 с. Кытайы босхолооһуҥҥа өлбүт сэбиэскэй саллааттар пааматынньыктарыгар, куораты бырайыактыыр павильоҥҥа, Арассыыйа-Кытай ЭКСПОтугар, түмэллэргэ, Кытай тэлэбиидэнньэтигэр, био-тиэхиньикэ корпорациятыгар, “Форд” массыына собуотугар, “Nuctech” инновация хампаанньатыгар, Кытай улуу Истиэнэтигэр уо.д.а. илдьэ сырыттылар. Оттон араас чунуобунньуктар пресс-кэмпириэнсийэлэрин, бэрт мөлтөх тылбаастаах, туох ис хоһооннооҕо ситэ өйдөммөт, официальнай боротокуолунан көрүллүбүт ньуу-ньаа, ылбат-биэрбэт мунньахтары киһи ааҕа да барбат. Уопсайынан, тылбаас доҕолоҥнуурун аахпатахха, барыта бэрт!
Судургутук толкуйдаатахха, бу сырыы түмүгүнэн Арассыыйа олохтооҕо билиҥҥи Кытай духуобунай эйгэҕэ, билимҥэ-тиэхиньикэҕэ, аныгы технологияҕа аан дойду иннигэр аһаҕаһын, кимтэн да кистэммэтин, аан дойдуну кытта тэҥҥэ хардыылаһан сайдан иһэрин билиэхтээҕэ-көрүөхтээҕэ эбитэ буолуо.
Чэ, бээ, ол туһунан арыый сиһилии хаһыат кэлэр нүөмэрдэригэр ааҕыаххыт.
Кытай – сахалыы өйдөбүлүнэн
Билигин Кытайга сылдьыбатах саха киһитэ аҕыйаҕа буолуо. Сынньана, эргинэ-урбана, атыылаһа, көрө-билэ хас эмэ уоннуута сылдьыбыт киһи элбэх. Быһата, миигиннээҕэр Кытайы уон төгүл ордук билэр киһи үгүс. Билигин элбэх саха ыччата Кытайга баран үөрэнэр, үлэлиир. Дьокуускай куоракка кытай эргиэмсиктэрэ бүтүн ырыынак былаһын тухары симиллэн атыылыы тураллар. Онон билигин Кытай туһунан кэпсээн кими да соһуппаккын. Билэр аҕай дойдубут.
Былыргы төрүттэрбит да Кытайы кытта элбэхтик алтыһа сылдьыбыттара сылыктанар. Ол курдук, Сахабыт сирин киин өттүгэр былыргы үйэтээҕи кытай манньыаттарын, бытархай малларын-салларын булаллар. Холобур, Б.Ойуунускай билимҥэ үлэтигэр саха олоҥхотугар кытайдар тустарынан кэпсэнэрин эмиэ ахтан аһарбыттаах. Кини адьарай атамаана Арсан Дуолайы уонна кини ойоҕун Адаҕалаах Ала Буурай Аан Дьааһыны “бу кытайдар быһыылаах” диэн сылыктаабытын билэбит. Кырдьык да, кытай киһитэ ырыынакка торгуйдаһан саҥаран арсаҥныы, тииһэ килэҥнии турара Арсан Дуолайга майгынныырга дылы. Кини ойоҕо Аан Дьааһын атаҕар адаҕалааҕа эмиэ өйдөнөр. Былыргы кытай үгэһинэн, баай ыаллар кыргыттарын атаҕын кэлин хаампатын курдук гына ыга бэрэбээскилээн кэбиһэллэрэ.
Ону таһынан, Өксөкүлээх Өлөксөй “Ойуунун түүлүгэр” кытайдартан сэрэппитин, сэбиэскэй бырапагаандаттан олоҕурбут “киһи кырган да көҕүрэппэт халыҥ ахсааннаах кытай аармыйатын”, билиҥҥи Кытай судаарыстыбатын гео-бэлиитикэҕэ амбициятын, аан дойду экэниэмикэтигэр баһылыыр-көһүлүүр оруолун, күн-түүн күүһүрэн иһэрин, тугу барытын сатыырын туһунан истэн-истэн кэлбит дьоммут. Онон, кытайдартан бүтэйдии дьиксинэбит-дьаарханабыт, толлобут. “Үчүгэй дьон, бэйэбит дьоммут” дии санаабаппыт.
Харбин куорат
Харбин куорат – Хэйлунцзян провинциятын киинэ. Провинция Кытай хотугулуу-илин кырыытыгар, Арассыыйаны кытта 3500 км сири быысаһан сытар. Хэйлунцзян профинциятын нэһилиэнньэтэ – 38 мөл. Былыр манна маньчжур, даур уо.д.а. диэн омуктар олоро сылдьыбыттар эрээри, билигин суураллан сүппүттэрин кэриэтэ. Боростуой кытай дьонуттан да “төрүт олохтоох омуктаргыт ханна баалларый?” диэн ыйыттахха, билэр киһи суох. Боростуой дьон ону интэриэһиргээбэт, баардылаабат да эбит.
Хэйлунцзян диэни “Хара луо (дракон) өрүһэ” диэн тылбаастыыллар. Хэй – хара, лун – луо, цзян – өрүс. Быһата, кытайдар Амыр өрүһү итинник ааттыыллар. Тоҕо оннук ааттаабыттарын ким билиэй?
Билиҥҥи Харбин тигинэччи сайда турар куорат. Харбины биһиги да бэрт өрдөөҕүттэн ыла билэр курдукпут. Тоҕо диэтэххэ, ааспыт үйэ 20-30-с сылларыгар манна Г.Никифоров-Манньыаттаах Уола, В.Новгородов, А.Рязанскай, Г.Ефимов, Г.Кузьмин, П.Гаврильев уо.д.а. (барыта 100-чэкэ киһи диэччилэр) диэн саха чулуу дьоно сэбиэскэй былаас сонордоһуутуттан куотан тиийэн олорбуттара. Ону таһынан, Саха сирин устуоруйатыгар бигэтик киирбит А.Пепеляев дружината Харбин куоракка тэриллэн баран биһиэхэ “ыалдьыттыы” кэлбиттээҕэ. Онтон сиэттэрэн, Харбиҥҥа тиийбит саха киһитэ тута “биһиги дьоммут ханна олорбуттара буолуой?” диэн таайа сатыыр. Онно тута хоруйдуохха сөп... Биһиги дьоммут олорбут оройуоннара – Харбин куорат саамай кэрэ кыбартаала Модягоу – билигин сыта да суох. Уобарастаан эттэххэ, Манньыттаах Уола аах Харбиҥҥа олорбут сахалыы алаастара билигин кытай омук байҕалын анныгар тимирбитэ быданнаабыт. Билигин ол сиргэ биир да былыргы тутуу элээмэтин да ордорбокко күртэрэн баран, аныгылыы элбэх этээстээх баараҕай дьиэлэринэн солбуйбуттар. Манньыаттаах Уола аах онно бастаан тиийэллэригэр, бука, Харбин куорат кытыытыгар киһи бултуон сөп ойуурдааҕа-тыалааҕа, манан устар Сунгари өрүскэ киһи балыктыыра эҥин эбитэ буолуо. Билигин онно хас эмэ сүүһүнэн килэмиэтир иэннээх сир былаһын тухары халлааны суруйар улахан этээстээх дьиэлэр, саҥа кыбартааллар, олордуу тыалар сандаарбыттар. Ол барыта уһуга-кыраайа суох бара турар. Айылҕа бэйэтэ айбытыттан, Сунгари өрүстэн атын, туох да хаалбатах курдук.
Миграннар куораттара. Харбин куораты кытайдар буолбакка, 1898 с. Кытай-Илиҥҥи тимир суолугар (КВЖД) үлэлиир нуучча дьоно төрүттээбиттэрэ. 1913 с. манна барыта холбоон 70 тыһ. киһи олороро. Сүрүнээн, кытайдар уонна нууччалар.
Өрөбөлүүссүйэ буолбутун кэннэ, Харбин куоракка сэбиэскэй былаас репрессиятыттан куоппут 200 тыһ. кэриҥэ үрүҥ эмигрант тоҕуоруспута. Быһата, Сибиир нууччатын саамай элиитэтэ, үүтэ-сүөгэйэ, нуучча култууратын илдьэ сылдьар дьон: Үрүҥ Аармыйа эписиэрдэрэ, саллааттара, Сибиир уонна Уһук Илин бырабыыталыстыбаларын сулууспалаахтара, чунуобунньуктара, интэлигиэнсийэ, кыахтаах баай дьон.
Бу үрүҥ эмиграннар дьылҕаларын киһи ымсыырбат... 20-с сыллар быластарын тухары Кытай былаастарын ыгыыта-түүрүүтэ, 1930 сылга дьоппуоннар оккупациялара, 1945 с. манна Кыһыл Аармыйа киирэн ордон хаалбыт “үрүҥнэри” букатыннаахтык ньылбы ыраастаабыта. Эмиграннар тобохторо аан дойду былаһын тухары ыһыллыбыта: Тайвань арыыга, Кэриэйэҕэ, АХШка, Австралияҕа, Индияҕа, сорохторо ССРСка төннүбүттэрэ. Ол түмүгэр 1960 с. Харбиҥҥа нуучча сыта да хаалбатаҕа. Биһиги дьоммут, сахалар, онно тиийэн оҕоломмут-урууламмыт да эбит буоллахтарына, билигин олор сыдьааннарын муҥхалаан да булбаккын. Хайа дойду түгэҕэр тиийбиттэрин-түгэммиттэрин ким да билбэт. Оттон Харбин урукку нууччалыы архитектуратын күн-дьыл бэйэтэ суурайбыт, баһыйар үксэ 1967-1977 сылларга култуурунай өрөбөлүүссүйэ кэмигэр анаан-минээн алдьатыллыбыт. Ити кэмҥэ хунвэйбиннэр былыргы Кытай улуу нэһилиэстибэтин: устуоруйа пааматынньыктарын, тутууларын, кинигэлэрин, докумуоннарын, уус-уран айымньыларын, итэҕэлин дьиэлэрин – мөлүйүөнүнэн кумалаабыттара. Ол Харбин куоракка ордон хаалбыт нуучча тутууларын, сүүһүнэн таҥараларын дьиэтин урусхаллыыр-уоттуур диэн кинилэргэ көр-нар кэриэтэ буоллаҕа.
Харбин куорат нэһилиэнньэтин ыйынньыктарга араастаан суруйаллар. Сороҕор, 10 мөл., сороҕор 4,5-8 мөл. диэн суруйбут буолаллар. Ону эмиэ өйдүөххэ сөп. Харбин куорат күн-түүн улаатан, ыаллаһа турар кыра куораттары, бөһүөлэктэри “иҥэринэ-иҥэринэ” биир кэлим тэнийэн бара турар. Ол дьону барытын ким ситэн ааҕыай? Биир ыйынньыкка Кытай саамай элбэх ахсааннаах куораттарын маннык наардаабыттар: Шанхай – 22,3 мөл., Пекин – 18,8 мөл., Чунцин – 15,2 мөл., Тяньцзинь – 11 мөл., Гуанчжоу – 11 мөл., Ухань – 10 мөл., Харбин – 10 мөл...
Харбин сахалыы хараҕынан
Этиллибитин курдук, Харбин куорат Сунгари өрүс үрдүгэр турар эбит. Сунгари олус улахан, элбэх арыылардаах, киэҥ сиринэн ааллаан устар өрүс эбит. Харбин куорат саамай былыргы, элбэх нэһилиэнньэлээх кыбартааллара өрүс үрдүгэр тураллар. Куорат саамай киинигэр баар дьиэлэрэ үксэ “сэбиэскэйдии” соҕус дьүһүннээхтэр, намыһахтар, эргэрэ быһыытыйбыттар. Уулуссалара – кыймаҥнас-эймэҥнэс киһи, кус-хаас тойуга. Оттон куорат кытыытын диэки сыҕарыйан истэххэ, аныгылыы тутуулаах, 30-40-50 этээстээх, күнү-ыйы бүөлүүр дьиэлэр дэлэйэн бараллар. Ол оннугар, уулуссаҕа көстөр киһи ахсаана аҕыйаан иһэр. Сорох ардыгар, баараҕай дьиэлэрдээх иччитэх куоратынан айаннаан иһэр курдук өйдөбүл үөскүүр. Тротуардарга тэлгэтиллибит билиитэлэр быыстарынан күөх от үүнэн турар, киһи букатын да үктэммэтэх курдук дьүһүннээх оройуоннар эмиэ бааллар.
Киэһэ хараҥардаҕына саҥа оройуоннар дьиэлэригэр бэрт аҕыйах түннүк уоттаах буолар. “Хайа, бу манна ким да олорбот дуо?” диэн ыйыттахха, арыаллаан сылдьар гидтэр “ити барыта хаһаайыннаах дьиэлэр, ол эрээри ону бас билэр дьон атын куораттарга, холобур Пекиҥҥэ, Шанхайга, Гуанчжоуга, олороллор. Кыбартыыраны атыыласпыттар, ый аайы ирдэнэр төлөбүрү барытын төлүүллэр. Кытайга олорор дьиэ сыаната сылын аайы үрдүү турар, онон итини хамсаабат баай-дуол оҥостоллор” диэн сырдаттылар.
Харбиҥҥа дьиэни-уоту тутуу бүтүн кыбартаалынан ыытыллар эбит. Ол аата, ханнык эмэ тэрилтэ тиэндэргэ кыайан, балай эмэ киэҥ кыбартаалы барытын “под ключ” оҥорон туттарар быһыылаах. Ол иһин, хас биирдии кыбартаал дьиэлэрэ барыта адьас игирэлии дьүһүннээх-моһуоннаах буолаллар. Сип-синньигэстэр, уп-уһуннар, харахха быраҕыллымтыата суох сиэрэй-кугас кырааскалаахтар. Киһи ону көрөн “бу хайдах сууллубакка турар баҕайыларай?” диэх курдук. Быһата, аныгы кытайдар барыта улаханы, сүдүнү, баараҕайы сөбүлүүллэр быһыылаах. Кыра тутууну көрбөккүн.
Куорат уулуссалара ыстакааннаах уу дьалкыйбат дэхсилэр, көнөлөр. Маны тэҥэ, ып-ыраас, барыта үүннэрии от-мас. Биһиги бөлөхпүтүн кытта сылдьыспыт сорох дьон: “Харбиҥҥа уонча сыллааҕыта сылдьыбытым, куорат уларыйар, сайдар да буолар эбит. Киһи сөҕөр!” – диэн бэркиһииллэрин биллэрэллэр...
Биир олох
Кытай тоҕо итинник түргэнник сайдарый? Биллэн турар, кытай дьонун көмөтүнэн...
“Кытай дьонун олоххо дьулуурун, тардыһыытын холобура буолуон сөп” диэн, Кай Чэн-Лянь диэн аан дойду араас муннуктарыгар, ол иһигэр Кытайга, Гонкоҥҥа, Саҥа Зеландияҕа уо.д.а. салаалардаах “Кай Ши” диэн улахан корпорация бэрэсидьиэнин, миллиардынан дуоллардаах тиэндэрдэри-хантыраактары оҥорор (холобур, Далянь куорат дьаһалтатын Люйшунь куоракка көһөрөр) миллиардер киһи олоҕун кэпсээниттэн кыра быһа тардыыны биэрэбин. Былырыын саас кэпсэппитим. Бу суруйуу былырыын сайын “Күрүлгэн” сурунаалга тахсыбыта.
— Мин Соҕуруу Кытайга дьадаҥы дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтүм. Аҕам — борохуоту өрөмүөннүүр мэхээнньик, ийэм — тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар бааһынай. Биир бырааттаахпын, түөрт балтылаахпын. Быһата, ыал улахан оҕотобун.
Мин 7 сааспын туоларбар, тайфун түһэн, уу халааннаан, олорор дьиэбитин-уоппутун, малбытын-салбытын барытын ылан барбыта. Онуоха эбии, ол кэннэ тута бааһынаҕа үөн туран, туга да суох турар бэйэбитинэн эрэ хаалбыппыт. Инньэ гынан, үс сылы быһа хайаҕа тахсан буор хаспахха араас мас-от силиһинэн, үөнүнэн-көйүүрүнэн аһылыктанан олорбуппут. Хайдах хоргуйан өлбөтөхпүтүн билигин сатаан да санаабаппын. Ол тухары дьонум барахсаттар туох баар булбут аһылыктарын дуомун барытын биһиэхэ, оҕолоругар, туран биэрэллэрэ. Бэйэлэрэ тугу аһаан тыыннаах сылдьыбыттарын билигин да өйдөөбөппүн.
Ити ынырык сылларга мин “киһи бэйэтиттэн атын кимҥэ да эрэммэтэ сөп эбит!”, “тыыннаах буолар туһугар – хорсун буолуллуохтаах!” уонна “үтүө санаа син биир үтүөнэн эрэ төннөр!” диэн үс сүрүн бириинсиби бигэтик өйдөөбүтүм. Ол быраабылабын күн бүгүнүгэр диэри бигэтик тутуһабын.
Олохпут-дьаһахпыт арыый тупсубутун да кэннэ, мин биир да күнү, оҕо оҕо курдук, оонньоон-көрүлээн аһарбатаҕым. Дьоммор көмө буолаары, мэлдьи үлэлээн тахсарым. Иһит сууйааччынан, олбуору харбааччынан, таһаҕас таһааччынан, харабылынан, бөх хомуйааччынан... Биир да хара, куһаҕан үлэни барытын көтүппэккэ үлэлээн улааппытым. Холобур, 15 саастаахпар, биир сарсыарда байыаннай училищеҕа үөрэнэ барыам иннинэ, түүн туран уулусса бөҕүн-саҕын, ыт-кус сааҕын ыраастаан эрэ баран, тимир суол ыстаансыйатыгар сүүрүү бөҕөнөн кыл мүччү тиийэн пуойаспын баттаспытым.
Байыаннай училищеҕа үөрэнэрбэр, үөлээннээхтэрим бары даҕаны миигиннээҕэр баай, кыахтаах ыаллар оҕолоро этилэр. Кистэл суох, мин ас-таҥас, билии-көрүү, үөрэх таһымыгар барыларыттан мөлтөхтөрө этим. Ол да үрдүнэн, күнүскү дьарык кэнниттэн үөрэхпин ситиһээри киэһэ хойукка диэри бибилэтиэкэҕэ олорон дьарыктанарым, оттон түүнүн туран үлэлии барарым. Уопсайынан, оҕо сааһым ити курдук, биир да күн өрөбүлэ суох, наар үлэҕэ мүккүллүүгэ, олох иһин охсуһууга ааспыта.
Дьонум барахсаттар миигин көрсүөхпүт этэ диэн бэрт ыраахтан сындалҕаннаах айаны айаннаан хаста да кэлэн барбыттара. “Оҕобут эрэйдээх, кытаат, киһи-хара буолан тахсаргар, ситиһиилэнэргэр бүк эрэнэбит. Эрэлбит эрэ эн!” диэн санаабын бөҕөргөтөн, алҕаан, үтүө тылларын тиэрдэн бараллара. Барбыттарын кэннэ ытыы хааларым. Уопсайынан да, төрөппүттэрим оҕо эрдэхпиттэн “оҕобут хайаан да улахан, ситиһиилээх киһи буолан тахсыаҕа” диэн тохтообокко такайан улаатыннарбыттара. Мин “кинилэр эрэллэрин түһэн биэриэм кэриэтин, бу орто дойдуга олорботоҕум да көнө” диэн бигэ өйдөбүллээх улааппытым.
Сыра, дьулуур хаһан да хаалбат. Бэрт сотору кэминэн үөрэххэ ситиһиибинэн, бэрээдэкпинэн инники күөҥҥэ тахсыбытым. Сыыйа, байыаннай чыыным-хааным үрдээн барбыта. Уопсайынан, байыаннай сулууспаҕа үйэ чиэппэрэ сылдьан, Кытай Норуодунай Аармыйатын тааҥка чаастарын начаалынньыга дуоһунастанан баран тэйбитим.
Билигин мин 65 саастаахпын. Төрөппүттэрим иккиэн бааллар. “Кинилэр билигин дьоллоох дьон”, – диэн кимтэн да кыбыстыбакка аһаҕастык этиэхпин сөп. Биһигини киһи-хара оҥорор, үөрэхтиир, дьон кэккэтигэр таһаарар туһугар түүнү-күнү билиммэккэ эрэйдэммит көлөһүннэрин, сыраларын-хараларын иһин, билигин кинилэр туох да долгуйуута суох, сылааска-сымнаҕаска олорор быраабы толору ситиспиттэрэ. Ол — мин бу сирдээҕи бигэ эбээһинэһим, иэһим.
Иван Гаврильев.
(Салгыыта бэчээттэниэ).