Туймаада ыһыаҕар сылын ахсын омук арааһа кэлэр.  Быйыл, хата, халлааммыт туран биэрдэ, эйэҕэстик көрүстэ. Онон олохтоохтор даҕаны, ыалдьыттар даҕаны санааларын көтөхтө, олус үчүгэй ыһыах ааста дии саныыбын. Тэрээһин, сүүрүү-көтүү, куонкурус быыһыгар омуктары тутан кэпсэтэн ыллым. Ыалдьыттарбыт ыһыахха тугу гына кэлбиттэрин, Саха сирин туһунан санааларын ааҕыах.


 MongolМонголияттан Жалав Батсух Тэргүүн:

– Монгуолларга, аймахтарбытыгар эҕэрдэ буолуохтун!

– Эҕэрдэ! Маҥнай кэлэн, сөҕө-махтайа сылдьабын.

– Сахас сирин туһунан туох билиилээх этигиний?

– Санаабар, табалары көрүөм эҥин дии санаабытым. Тоҕо эрэ маннык курдук сайдыылаах буолуо дии санаабат этим.

– Саамай кэрэхсээбит түгэниҥ тугуй?

– Көтөр аал пуордугар маҥнай түһээт, бииртэн соһуйбутум. Биһиги түүн көтөн кэлбиппит. Арай күн тыган турар, сып-сырдык! Дьиҥэр, истэн билэр этим буоллаҕа үрүҥ түүн диэни. Ол эрээри, илэ чахчы, эккинэн-хааҥҥынан билэр олус дьикти, астык эбит.

– Саха дьоно хайдах эбитий?

– Сирэйбит-дьүһүммүт сүрдээҕин майгынныыр. Олус көрсүө, ыалдьытымсах норуот эбит. Кэлэн баран быыс булар күммүт да суох, ыҥырыыттан ыҥырыыга сылдьабыт (күлэр).

– Саха таҥаһыгар Гиннесс рекорда олохтонно. Сахалыы кэрэ таҥастаах дьону, бука, көрө-билэ сылдьаҕын. Туох майгыннаһарын булан көрдүҥ?

– Майгыннаһар, оһуора-бичигэ. Бэйэм фольклору сэҥээрэбин, онон дьарыктанабын да диэххэ сөп. Ол курдук, сыл ахсын Монголия фольклоругар Аан дойдутааҕы бэстибээли тэрийээччибин. Калмыкияттан, Туваттан, Алтаайтан ыалдьыттар кэлээччилэр. Быйыл 12-с сылын тэриллэр.

– Оттон Саха сириттэн кэлээччилэр дуо?

– Суох. Дьэ, быйылгыттан бу доҕордоһуу муостата олохтонон, кэлин култуура, уопут атастаһыыта буоллар, бэрт буолуо этэ.

– Хубсугул күөл таһыгар урааҥхайдар бааллар диэни билэбин, сибээстэһэҕит дуо?

– Бааллар. Ити олус интэриэһинэй. Мин Монголия “сахалара” диэн ааттыыбын. Кинилэр фольклордарын, тылларын уонна эһиги, урааҥхай сахалар култуураҕытын тэҥниир үлэ ыытыллыан наада. Бары биир омук буоллахпыт – аймахтыыларбыт.


MoralesАльберто Малес Моралес боливиец Хосе Канамар Камуэндо, Луис Вильегас Альварес диэн доҕотторун кытары:

– Бары Боливияттан сылдьаҕыт дуо? 

– Суох, мин эрэ  Боливияттан сылдьабын, доҕотторум – Эквадортан.

– Кый ыраах сиртэн Сир Саарын биир түгэҕэр хайдах кэлэн хааллыгыт? Нууччалыы эҥин хантан билэҕит?

– Биһиги сири-дойдуну кэрийбиппит 16 сыл буолла, Дьобуруопанан, Кытайынан, Монголиянан, о.д.а. сирдэринэн сылдьыбыппыт. Нуучча сиригэр үөрэнэ сылдьыбыппыт, нуучча тылын үөрэппиппит.

– Ээ, кэрэхсэбиллээх эбит. Сыалгыт-соруккут тугуй?

– Биһиги айанныыбыт, ыллыыбыт-туойабыт, атын омуктары көрөбүт, төрүт үгэстэрин кытары билсэбит. Бары тус-туһунан омукпут эрээри, биһиги бары айылҕа оҕолоробут, бары биирбит.

– Хантан таҥнан-аһаан сылдьаҕытый?

– Айылҕа тугу биэрэринэн уонна мал-сал атыылыыбыт, ыллыыбыт...

– Алгыс иһиттигит, сахалар төрүт үгэстэрин, сиэрдэрин-туомнарын көрдүгүт. Туох эмэ эһиэхэ майгынныыр баар дуо?

– Биһиги эмиэ алгыс курдуктаахпыт. Ол аата айылҕаны хайҕааһын, киниэхэ махтаныы. Эһиги курдук эмиэ уоту-иччини аһатабыт. Бэс ыйын 21 күнүгэр эмиэ национальнай бырааһынньыкпыт буолар. Эһиги уот иччитин аһаппыккытын көрөн, олус сөхпүппүт. Ол иһин ис сүрэхпититтэн истиҥник санаабыппыт, барытын олус иһирэхтик ылыммыппыт. Анараа бэйэбит сирбитигэр-уоппутугар оҥорор үгэспитин манна эмиэ оҥороллорун көрөн, ол барыта дууһабытын курдаттыы ааспыта.

– Туох үөрэхтээххитий? Дойдугутугар ханна үлэлиигитий?

– Оттон... бары араас-араас үөрэхтээхпит. Мин санаабар, үөрэх ылыы диэн бэйэ билиитин хаҥатарга эрэ наадалаах. Оттон үрдүк дьол – таптыыр дьыаланан дьарыктаныы, олох олоруу. Биһиги Арассыыйаҕа үөрэнэ сылдьыбыппыт, онно булсан, бөлөх тэринэн, доҕордоһон сылдьабыт. Муусука биһигини холбуур. Дойдубутугар бэйэбит норуоппут үгэһин сөргүтэ сатыыбыт.

– Саха сирин, ыһыах туһунан хантан истэн-билэн кэллигит?

– Оо, Саха сирин билбэт киһи – ол аата үөрэҕэ суох. Ким билбэт үһүнүй?

– Хайа, норуот үксэ билбэт дии... оннооҕор бэйэлээх бэйэбит сирбитигэр сахалары билбэттэр. Арба, 2006 сыллаахха Мел Гибсон “Апокалипсис” диэн киинэтэ...

– Оо, төрүт абааһы көрөбүн ити тиэмэни. Арҕаа Эмиэрикэ Соҕуруу Эмиэрикэни сөбүлээбэт. Онон киинэтигэр майялары, ацтектары олус кырыктаахтык көрдөрбүт. Туох да ис дьиҥин, түгэҕин өйдөөбөккө, харчы туһуттан “шоу” оҥороллор. Биһиги өбүгэлэрбит, киинэҕэ көстөрүн курдук, сирэйдэрин-иэдэстэрин кырааскалана-кырааскалана дьону-сэргэни өлөрбөтөхтөрө. Кинилэр дириҥ билиилээх улуу дьон этилэр. Ити курдук ойуулаан, аан дойдуга көрдөрөллөрүттэн киһи хомойор.


AustriaАвстрияттан кэргэнниилэр:

– Саха сиригэр аан бастаан кэлэ сылдьаҕыт дуо?

– Кэргэним бу маҥнай кэлэ сылдьар, сүрдээҕин астынна. Мин номнуо 4-с сырыым.

– Нууччалыы олус үчүгэйдик саҥараҕын дии! Нуучча дии саныам этэ билбэтим буоллар.

– Ээ, махтал. Мин Краснодарга үөрэнэ сылдьыбытым.

– Бу иннинэ туохха кэлэ сырыттыҥ?

– Чинчийии ыыта сылдьабын. Идэм – социальнай антрополог. 20-с үйэтээҕи архитектураны чинчийэбин. Чинчийиибин дириҥэтэн, кэлин туох эмэ түмүккэ кэлэр инибин. Сунтаар ыһыаҕар сылдьыбытым, дьон маннааҕар аҕыйах этэ, биллэн турар. Манна дьон-сэргэ мэлдьи үөрэ-көтө сылдьар, олус үчүгэйдик көрсүбүттэрэ.


DominikАвстралияттан Доминик:

– Хайа, настарыанньа хайдаҕый? Саха сирэ хайдах эбитий?

– Үчүгэй бөҕө буоллаҕа! Күн чаҕылыччы көрөрө кэрэ даҕаны.

– Арааһа, маҥнай кэлэ сылдьаҕын быһыылаах? Кэлиэҥ иннинэ Саха сирин хайдах сир диэн хараххар ойуулаан көрөр этигиний? Итии дойдуттан кэлэн иһэр киһи, долгуйдаҕыҥ буолуо...

– Миигин кытта тэҥҥэ сылдьыһар тылбаасчытым Мария Саха сирин сайына олус куйаас, чараас таҥас сөп буолуоҕа диэн эппитэ. Ол да буоллар, сэрэхэдийэн, халыҥ таҥастарбын уктан кэлбитим (күлэр). Дьэ, кырдьык, итии эбит!

– Бэйэҥ ханна үлэлиигиний?

– Сиднейгэ Бондай диэн сиргэ олохтоох дьаһалтаны кытары үлэлиибин. Кэлин ситим олохтоору, култуураҕытын интэриэһиргээн кэллим, барыта саҥалыы.


 Германияттан Инго Талеб Рашид:

Germania

– Дорообо, хайа, туох сонуннааххын?

– Этэҥҥэ, саха култууратын көрөр, төрүт үгэһин тэрээһинигэр сылдьар бэртээхэй. Мин хаһыс да кэлиим буолла.

– Ыһыах уларыйар эбит дуо?

– Ммм... кэлиҥҥи сылларга ыһыахтыыр сир улааппыт курдук, дьон-сэргэ сүрдээҕин  элбээбит диэн көрөбүн.

– Маҥнай кэлээт, туох дии санаабыккыный?

– Саха сирэ сылааһыттан соһуйбутум!

– Идэҥ тугуй? Туохха кэлэҕиний?

– Мин режиссёрбун, хореографпын. Маннааҕы хотугу үҥкүүнү сэҥээрэбин.