Доҕоттоор, эһиги санааҕытыгар, Саха сиригэр кыһыннары тэллэй үүнэрэ буолуо дуо? Бука, “суох” диэтэххит буолуо? Ону баара, Дьокуускай куорат “Сатал” учаастагын эдэр бааһынайа Альберт Ефремов эһигини кытта сөбүлэспэт. Тоҕо диэтэххэ, кини бэйэтин пиэрмэтигэр төгүрүк сылы быһа киһи сиир тэллэйин тохтообокко үүннэрэн дьону соһута олорор эбит.

“Баһылай Боппуок диэтэххинэ, биир дойдулаахтарым, бука, билбэттэрэ буолуо, соһуйуохтара. Чурапчылар бары кэриэтэ миигин Бааха Уус диэнинэн ордук билэллэр”, – диэт, Василий Степанович Попов дорооболоһон илии тутуста.

Өбүгэлэрбит “сүөһүлээх киһи өлөн-охтон биэрбэт” диэччилэр. Күн бүгүн олорон санаатахха, аһара сөпкө уонна мындырдык эппиттэр эбит. Былыр ааспыт хараҥа үйэлэри сэгэтэн көрдөххө, бурдук уонна оҕуруот диэни билбэт омук хоту сир тыйыс усулуобуйатыгар уонна хайдах тыыннаах хаалыаҕай? Сыспай сиэллээҕи, хороҕор муостааҕы эрэ иитэн, көрөн-харайан киһи-хара буолар буоллаҕа.

Анал үөрэҕэ суох эрээри, айылҕаттан талааннаах худуоһунньук Георгий Васильевич Дьячковскай урбаан ураты суолунан айаннаан иһэр. Кини Чурапчыга биллэр-көстөр өйдөбүнньүк бэлиэлэри, мэҥэ таастары оҥорооччу. Өскөтүн көннөрү худуоһунньук холустаҕа уруһуйдуур буоллаҕына, Георгий гранит курдук бөҕө тааска айар дьоҕура арыллар.

Улуус киинин олохтооҕо Анатолий Федоров – дойдутун халлааныгар аан бастаан паралет диэн аппарааты көтүттэ. Ону ааһан Амманы чыычаах көтөр үрдүгүттэн көрүөн баҕалаахтарга санааларын хото толорор өҥөнү оҥорор.

Подкатегории